МУУС ХАЙАНЫ ДА ТОБУЛАР УЛУУ ТАПТАЛ (А. С. ПУШКИН ААТЫНАН НУУЧЧА ТЕАТРЫН «СОЗВЕЗДИЕ МАРИИ» ИСПЭКТЭЭКИЛЭ)

Муус хайаны да тобулар улуу таптал. А. С. Пушкин аатынан Нуучча театрын «Созвездие Марии» испэктээкилэ.

Бу кэмнэ куоракка да, тыа сирдэригэр да, Нуучча театрын «Созвездие Марии» премьератын туhунан кэпсэтэллэрин угустук ИСТЭ5ИН. Аан бастаан Москва5а сэтинньи 23 кунугэр Кестуунэйгэ кердеруллубут испэктээкил туhунан сонун-нуомас Саха сирин биирдэ тилийэ кетен кэбистэ. Ол аата испэктээкил тугунан эрэ керееччу дууhатын  кылын  таарыйда5а, кутун-сурун тутта5а… Мин премьераны Mocква5а кербутум, кырдьык, киhи биир тыынынан керер айымньыта. Премьера са5аланыыта, туруорааччы режиссер Андрей Борисов бастаан тэйиччи со5устан кэтээн керер курдук сылдьарын, онтон, сыыйа чугаhаатар-чугаhаан иhэрин бэлиэтии кербутум. Хата, Кестуунэй киэн киэлитигэр ыраахтан туох барыта кестерунэн учугэйдээх эбит. Оттон автор, суруйааччы Владимир Федоров, долгуйбутун биллэримээри дуу, субу-субу фотокамератын керер-истэр курдуга.

Интэриэhиргээтэххэ, матырыйааллары хасыhан, ырытан кердеххе, бу, уйэ чиэппэрэ анараа еттугэр суруллубут испэктээкил бэйэтэ ураты историялаа5а тахсан кэлэр эбит. Ол курдук, оччолорго «Молодежь Якутии» хаhыат кор-респондена Владимир Федоров кимтэн эрэ, Улуу Сибиири бастакынан арыйсыбыт хорсун айанньыт Василий Прончищев уонна кини эдэркээн кэргэнэ Мария елер  елууттэн да куттамматах куустээх, ыраас тапталларын туhунан  санаар5абыллаах эрээри кэрэ кэпсээни истэн баран, поэма суруйарга санаммыт. Поэматтан быhа тардыыны Нуучча театрын оччотоо5у режис¬сера аатырбыт Валерий Келле-Пелле хаhыакка аа5ан баран, Владимир Федоровка бу туhунан аны пьеса суруйарыгар этии киллэрэр. Tehe эмэ дьыл-хонук ааспытын кэннэ эдэр суруйааччы пьесата баар буолар. Ол эрэ¬эри, хомойуох ипин, ейдуур инигит, театрга 6ahaap туран, умайан хаалар. Оттон хас да сыл буо¬лан баран, театр санаттан тутуллубутун кэннэ, эмискэччи, кылаабынай режиссер бу орто дойдуттан букатыннаахтык барар… Онон, талааннаах режиссер хараабыллардаах, урун баарыстардаах, халлаанна ча5ылхай сулустардаах, дьукээбил суhумнардаах пьесаны туруорар ыра санаата туолбакка хаа¬лар. Оттон театр коллектива бу спектакль туруон олус бабарара. Кэлэр-барар режиссердар, санааллара эбитэ буолуо да, тема5а  кыайан ымпыктаан-чымпыктаан киирбэтэхтэрэ, «Созвездие Марии» туруорбатахтара… Apaaha, бу спектаклы, хотугу дойдуну дьиннээхтик куускэ таптыыр, олох чугастык ылынар эрэ киhи туруорар кыахтаа5а эбитэ буолуо… Арай Юрий Козловскай (Юрий Николаевич биир кэмннэ Культура министрин солбуйааччынан улэлээбитэ) уус-уран салайыытынан радиоиспэктээкил туруорулла (режиссер Лариса Утяшева) сылдьыбыта. Манна Нуучча  театрын бары кэриэтэ биллэр-кестер артыыстара — Эдвардас Купшис, Валерий Тверитин, Петр Колбасин, о.д.а. оонньообуттара. Бу радиоиспэктээкил Москва5а Бутун Союзтаа5ы фестивальга иккис миэстэ буолан, дойду буттуунун урдунэн хаста да5аны иhитиннэриллибитэ.

Нуучча  театра  режиссердарыгар   табыллыбакка сылдьар  кэмнэригэр, кинилэргэ кемелеhер, ейуур санааттан, биллиилээх режиссер Андрей Саввич   Борисов    хаста да5аны тиийтэлии сылдьыбыта. Ол тумугэр Владимир Федоров икки спектакла – христианство 2000 сылыгар аналлаах «Одиссея Инока Якутского» уонна Петр Бекетов туhунан «Апостол государев» туруоруллубуттара. Онтон, туох барыта уhустээх диэбиккэ дылы, Андрей Саввич, Федоров yhyc айымньытын — «Созвездие Марии» хайаан да5аны туруорарга сананар уонна 2012 сыл сэтинньитигэр, Саха сирэ Россия састаабыгар киирбитэ 380 сыллаах убулуейэ Москва5а бэлиэтэнэр Куннэрин керсе, олоххо киллэрэр.

Билэр  дьон, 2002 сыллаахха учуонайдар, археологтар уонна биллиилээх айанньыттар, Прончищевтар кемуллэ сытар сирдэригэр чинчийии улэлэри ыыта сылдьан, дьахтар тууппулэтин булан ылбыттара диэн суруйаллар эбит. Дьэ, бу дьин европейскай керуннээх тууппулкэ бэрт элбэ5и кэпсээбит. Ол чахчы спектакльга сатабылллаахтык киллэриллэн, айымньы ис хоhоонун байытар. То5о диэтэххэ, сорох историктар, ханнык да мария суох этэ, Санкт-Петербуртан кэлбэтэ5э, кэлбит да буолла5ына, Дьокуускайтан – Улуу Хотугу (Камчаткатаа5ы) экспедиция базатыттан салгыы айанна турумматах буолуохтаах диэн саба5алыыллар эбит. Оттон тууппулэ угуhу чуолкайдаан биэрбит. Мария – дворянка, 23 саастаах эдэр дьахтар, кэргэнин батыhан, хорсун санаатын киллэрэн, сир-дойду бутэр yhyгар — ыраах тус хоту, тымныыны-силлиэни, уhун, эрэйдээх айаны аахсыбакка туhунэн кэбиhэр, тапталлаах кэргэнигэр кемелеhен, дьахталлартан аан бастакынан Арктиканы чинчийээччи буолар._ Кини  дьиннээх аата Татьяна Фёдоровна диэн эбит, хайдах Мария буолбута – бу бэйэтэ туспа кистэлэн, таайылла илик таабырын. Ол эрэн, кини чуолаан, бу аатынан Арктиканы баhылааhын историятыгар, литература5а, география5а киллэриллэн сылдьар. Оттон Таймыыр илинни кытылыгар Мария Прончищева аатынан хомо баар буолбута. Камчаткатаа5ы экспедиция чилиэннэрэ бары кэриэтэ олохторун толук ууран да туран сыалларын-соруктарын ситиhэргэ хайдах курдук дьулуспуттарын туhунан долгутуулаах кэпсээн кими ба5арар уйадытар, дууhатын  кылын  таарыйар.

Спектакльга Василий Прончищев (артыыс Евгений Стрельников) кемелеhееччутэ, до5оро, штурман Семен Челюскин (артыыс Степан Федоренко) Мария5а (артыыска Марина Слепнева) ураты нарын сыhыаннаа5а кестер, кини ааты¬нан сулустар суhумнарын ааттыыр… Артыыстар оонньууллара да, ыллыыллара да олус кэрэ. Бу музыкальнай-драматическай спектакль, онон музыката элбэх. Дэлэ5э угус керееччу, ол иhигэр мин эмиэ, бу эдэр арты¬ыстар бука бары музыкальнай уерэхтээхтэрэ буолуо дии саныахпыт дуо?!

Оттон артыыстары тус бэй¬элэрин керсен кэпсэппитим, холобура, Марияны олус табыллан, наhаа истинник оонньуур Марина Слепнева — Нуучча театрын эдэр артыыската, 6-7 сыллаа5ыта Арктическай государственнай институт актерскай-режиссерскай салаатын бутэрбит, Андрей Борисов уерэнээччитэ. Марина, о5о эрдэ5иттэн артыыс буолар ба5а санаалаах кыысчаан, Покровскай 2 №-х орто оскуолатын бутэрээт, АГИКИ-гэ туттарсан киирбитэ. Кини Нуучча театрын репертуарыттан «Верочка», «Нас обвенчал прилив…», «И любви еще живой, продолженье, продолженье… » курдук, о.д.а. спектаклларыгар ситиhиилээхтик оонньуур. Семен Челюскин оруолун кыайа-хото туппут, керееччу биhирэбилин  ылыан ылар Степан Федоренко -эмиэ АГИКИ актерскай салаатын бутэрбит, Юрий Козловскайга уерэммит. Степаны «Эти сво-бодные бабочки»,  «Очень про¬стая история» курдук, онтон да угус, керееччу себулуур спек¬таклларыгар сурун оруолларга бэлиэтии керебут. Степан Федоренко Дьокуускай 29 №-х оскуолатыгар уорэнэ сылдьан О5о дыбарыаhыгар бастаан суруналыыстыка, онтон драматическай куруhуоктарга дьарыктаммыт. Уол идэтин таба тайаммыт диэх кэриннэхпин. Оттон Василий Прончищев уобараhын  бэркэ ahap артыыс Евгений Стрельцов керееччугэ, кырдьык, ырыаhыт, музыкант быhыытынан эмиэ киэнник биллэр. Кини артыыhын таhынан музыкальнай анал эмиэ уерэхтээх. Ити кур¬дук, спектакльга Андрей Саввич уерэнээччилэрин сэргэ Саха театрын биллэр-кестер артыыстара Алексей Егоров, Роман Дорофеев бааллар. Манна да5атан эттэххэ, Саха театрын уонна Нуучча театрын артыыстара кыттыhан оонньуур испэктээкиллэрэ ситиhиилэнэллэрэ утуе угэс буолан эрэр. Ону керееччу уксэ бэлиэтиир. Спектакльга аатырбыт командор Витус Беринг оруолун биллиилэ¬эх артыыс Эдвардас Купшис табыллан толорор, кини кэргэнэ Анна — Татьяна Налетова, академик Миллер-Валерий Тверитин, иеромонах Дамаскин — Владислав Мичурин, оттон капитан Мартын Шпанберг оруо¬лун Александр Лобанов итэ5этиилээхтик толорор. Спектакль туруорааччы- худуоhунньуга Ариан Ермолаев, худуоhунньук Сардаана Федотова кестуумнэрэ. Истибиттээ5эр кербут ордуга биллэр. Бу премьера Дьокуускайга олунньу ыйга, А.С.Пушкин аатынан Нуучча государственнай  драма¬тическай театра улахан еремуен кэнниттэн аhыллыытын са5ана буолара саба5аланар.