САХА ТЕАТРА АЙЫЫ ОЙУУНУН «ТӨРӨТТӨ»

Өксөкүлээх Өлөксөй ааспыт уйэ сабаланыыта суруйан хаалларбыт «Ойуун туулэ» айымньыта иккис уйэтигэр этэннэ уктэннэ. Бу поэма ис хоhоонун, cуолтатын  өйдуур  дьон  элбэх  эрдэхтэринэ, П.А. Ойуунускай аатынан Саха академическай  театра  «Ойуун түүлүгэр» иккис төгүлүн  эргилиннэ. 1997 с. Андрей Борисов сценаҕа туруорарыгар аан бастаан сахалыы тэтими киллэрбитэ. Сценаҕа буола турар хас хамсаныы, тыл-өс өтө көрөөччү нүhэр санатыгар бас бэриммитэ. Ол дорҕооҥҥо олорсон  аан дойду таайтарыылаах кистэлэҥэ аhылыннар аhыллан иhэр курдуга…

Оттон бу туруоруу ураты. Санаан да көрдөххө, поэманы испэктээкил оноруу уустук, ону режиссер Руслан Тараховскай перформанс истиилинэн авангарднай туруоруу диэн ааттаабыт. Бу туруорууга режиссер олохтоохтук бэлэмнэммитэ көстөр, ол курдук Савва Борисов «Тоҕус халлаан домньуттара» диэн «Ойуун түүлүн» уонна «Кыhыл ойууну» тэҥнии тутан ырыппыт кинигэтин идеяларын, Суорун Омоллоон «Кыhыл ойуун» опера либреттотын туhаммыттар, аатырбыт «Чолбон» poк-бөлөҕү тыыннаах музыканан доҕуhуоллатаары ыҥырбыттар. Испэктээкилгэ Саха театрын алта артыыhа кытынна. Сүрүн оруолу — Ньургуну — АГИИК устудьуона Александр Борисов, Ойууну — CP культуратын туйгуна Василий Борисов, Айыы Намыhын ойууну— CP народнай артыыhа Герасим Васильев, Кутурҕан Куону — РФ народнай артыыhа Степанида Борисова, Баайы СР үтүөлээх артыыhа Иннокентий Дакаяров, Айыынаны —  Наталья Слепцова, Орулуос Дохсуну режиссер Руслан Тараховскай бэйэтинэн оонньоотулар.

«Ойуун түүлэ» саха омук бу Орто аан дойдуга баар дуу, суох дуу буолар дьылҕатын туhунан ис xohooнноox айымньы буолар. Онон туруоруу хара маҥнайгыттан  аныгы, кэлэр кэми туhулаан, онно олоруохтаах ыччакка ананан туруоруллубут. Саха балаҕанын ноутбуктуу быhыылаан оҥорон көрүү, зеркальнай небоскребтары дьуhуйуу (сценограф Михаил Егоров) — бу барыта оччотооҕу кэмнэри кэрэhилииллэр. Ол куөҥҥэ сахалыы
аанньа билбэт, хата нууччалыы-английскайдыы   бэркэ билэр саха уола Ньургун илиитигэр дүҥүрү тутаат, өбүгэлэрин тыына уhуктан, Айыы ойууна буолан   дьонун-сэргэтин араҥаччылыыр аналланан төннөр. Поэма ис хоhоонун сэргэ кини таптыыр кыыhын баай уолга былдьаппыт тус абата-аймал5ана, ойуун буолар  эттэниитин  эрэйэ көрдөрүллэр. Манна  Суорун Омоллоон «Кыhыл Ойуун» либреттотыттан быhа тардыылары режиссер олус бэркэ аттаран киллэрбитэ сөхтөрөр.  Икки улуу айымньы сатабыллаах дьон илиитигэр киирэннэр, чахчы да тыл күүhэ  «күлүмнүү-күлүмнүү көhүннэ». Кырдьык да, XX үйэ дьүhүн кубулуйбут улуу ойууннара этэн кэбиспит иэдээннэрин бэйэлэрин үйэлэригэр эрэ баайан кэбиhэр тутах. Франция киhи аймах сайдыытын, кэлиитин-барыытын, көhүүтүн уөрэтэр  учуонайдара сут-кураан содулуттан сылтаан, Соҕуруу Америка,  Африка, Индия, Китай дойдуларыттан 250 мөл. киhи көhөрүн  билгэлээбиттэр. Ол дьонтон  50  мөл. киhи Россия Сибииригэр тиийиэ, Дьокуускайга 5 мөл., Бүлүүгэ 2 мөл.  киhи олоруо диэн сабаҕалаабыттар. Саха дьоно ытыктыыр киhилэрэ Эдьиий Дора сүрдээх элбэх көс дьоно Саха сирин туhулаан кэлиэхтэрин куруук сэрэтэр. Дьэ манна «Дьылҕа Хаан  ыйааҕа оннук эбит буоллаҕа» диэн най баран олоруу дуу,  «өлөртөн өлбөт өйу» булунуу дуу — хайа суолу саха талан ылара мүччүрүйбэт ыйытык  буолан турар.

Айыы ойуунун «төрөтөн», Саха  театра күүстээх этиини оҥордо диэн сыаналаатым. Былыргы кэмҥэ Айыы ойууна  нация бас-көс дьонугар киирсэрэ, быhаччы баhылык да буолара. Аныгы  инновационнай технология үйэтин үгэнигэр ону оҥорон көрөр уустук эрээри, туора-маары эрдибэккэ биир бигэ итэҕэллээх буоларбытын кэм — кэрдии быhаччы ирдээтэ. Үтүмэн элбэх көс дьонуттан, глобализация сабардамыттан көмүскэнэр биир ньымабыт ол буолуо.

Испэктээкили киhи биир  тыынынан көрөр, аара суолга  антракт суоҕа ордук эбит. АГИИК устудьуона Александр Борисов анаммыт оруолун кыайа-хото тутан  онньоото. Tоҕо кинини талбытын режиссер маннык быhаарда: «Бу кэмҥэ олорор, бу салгынынан тыынар, ыччаттыын тэҥ саастаах уолу көрдөөбүтүм. Бу испэктээкилгэ күдээринэ күннээ5инэн  олорор Ньур¬гун элбэх эрэйи-мунгу ааhан, оло5ун сурун соругун булар. Ол иhин бу испэктээкилинэн улахан сыалы-соругу туруоруммат, ейе-кыа5а матери-альнай сыаннаска эрэ баайыллаары гыммыт саха ыччатыгар олох сурун туhаайыыта бу буолбата5ын, духуобунай  сыаннаска туhаайыылаах киhи чин, бигэ туруктаах диэн этиэхпитин ба5арбыппыт». Сурун хамсааhын Ньургун тула да бардар, хас биирдии уобарас кини Айыы ойууна буолан эллэнэн-эттэнэн тахсарын ситэрэн биэрдилэр. Бу испэктээ¬килгэ Саха театрын ессе биир эдэр aртыыhа Наталья Слепцова кытынна. Кини учууталларын, улахан артыыстары кытта бииргэ оонньообутуттан киэн туттарын, Айыына уобараhын арыйарга туох баар кыахпын уурбутум, диэн эттэ.

Испэктээкилгэ артыыстар ус тылынан: сахалыы, нууччалыы, английскайдыы санарбыттарын бастаан атыныры¬ах курдук санаабытым кэлин еhулуннэ. «Ойуун туулун» курдук дирин- айымньыга туох кэпсэнэрин теhе кыалларынан элбэх киhи ейдуехтээх. Аныгы кэмнэ сахалыы аанньа бил-бэт ыччаппыт да элбэх. Поэ¬ма нууччалыы кэрчигин — Саха сирин Америкаттан, Китайтан, Японияттан кынаан керен туралларын, Европа5а буола турар быhыыны-майгыны Ньургун рэп-истиилинэн толорбута сонуннук кеhуннэ. Аны тап¬тыыр кыыhын Айыынаны кытта английскайдыы бэрт иhирэхтик кэпсэтэллэр.  Омук тылын бил¬бэт дьон, бу торообут тылыттан английскайга кеспут ыччат ханна ыраатыа5ай диэ5ин сеп. Ону баара дьоммут поэма5а кэпсэнэр аан дойду сэриитин, ол содулун этэ тураллар эбит. Омук дьоно бэйэлэрин тылларынан этиллибити сонургуу истэллэрэ чуолкай. Ол эрээри Саха театрын испэктээкиллэригэр омук тылын киллэрии араас санааны уескэтэр. Итинник быhаарыныы себун-сыыhатын кэм-кэрдии кердерен иhэригэр хаалларабыт.

Туспа строканан испэктээкил ураты музыкалаа5ын  туhунан этиэ5и ба5арыллар. Copox-сорохтор «Чолбон» рок-белех  тыыннаах музыканан до5уhуоллаабытын ейдеебекке да хааллыбыт. Ол курдук бааллара-суохтара биллибэккэ олорон, айымньы ис xohooнун арыйсарга кемелестулэр. Белех салайааччыта Александр Ильин ей-сурэх меккуерэ yhaан-тэнийэн иhэн, Кулаковскай айымньытыттан эмискэ санаа оонньуута са5ыллыбытын эттэ. Туох билиэй, «Чолбон» чулуу айымньылара айыллалларыгар «Ойуун туулэ» олук буолаарай? Кинилэри таhынан кырыымпа (Прокопий Сыроватскай) уон¬на хомус (Иванида Бугулова) музыка силигин ситэрсэн биэрдилэр.

Саха театра бу поэманы иккис тегулун норуотугар дьоhуннук тиэртэ. Оттон учугэй  айымньыны кердеххе, сана аттан санаа теруур идэлээх. Улуу убайбыт  Оксекулээх этэн  хаалларбыт кэриэhэ туолуохтун,  саха саргытын салайcap элбэх ей-санаа, куус-кыах  уескууругэр терует буола туруохтун.