Тааттатааҕы корcyhyyлэртэн
Саха сиригэр аан бастакы народнай театр — Былатыан Ойуунускай аатынан Тааттатааҕы народнай театр бу саҥа үүнэр 2009 сыл ахсынньытыгар 50 сааһын туолуоҕа. Тааттаҕа командировкам кэмигэр, доҕотторбор, «Таатта» хаһыат редакциятыгар сылдьан, баскөс киһи, редактор Анастасия Александровна Морхоевалыын сэһэргэһэн баран, суол нөҥүө турар Культура дыбарыаһыгар тахсабын. Манна даҕатан эттэххэ, командировкаҕа тиийдэххэ (бу сырыыгэ хаһыакка сурутуу боппуруоһунан Света Халгаевалыын сылдьыбыппыт) хаһан баҕарар көх-нэм буолар, «биһиэнээһиэнэ» диэк араарбакка, мэлдьи сүбэ — көмө буолар биир идэлээхпэр Анастасия Морхоеваҕа, кини хамаандатыгар, суруналыыстарга олус махтана саныыбын. Анастасия Александровнаны, ордук, дьон психологиятын үчүгэйдик билэрин сырыы аайы сөҕө бэлиэтиибин.
Татьяна МАРКОВА
Оттон, чахчы даҕаны кыһыл көмүс үбүлүөйүн бэлиэтээри сылдьар народнай театр, бу бэлиэ даататыгар бэлэмнэниитин хайыы-үйэҕэ саҕалаабыт эбит. Кылаабынай режиссер Валентина Бүрнашева, театр историятын кэпсиир кинигэ таһаараары сылдьалларын, ветераннарыгар. аналлаах музей-хос аһыллыахтааҕын, аан бастакы режиссер, САССР үтүөлээх артыыската Ирина Максимова төрөөбүтэ 90 сылыгар аналлаах дьахтар бастыҥ орүолун толорүуга народнай театрдар икки ардыларыгар республикатааҕы куонкурус биллэрэллэрин, «Эр киһи бастыҥ оруолун толорооччуга» диэн номинацияны эмиэ былаанныылларын туһунан, о.д.а. тэрээһин үлэлэр саҕаламмыттарын кэпсээбитэ.
Биллэн турар, 50 саастаах народнай театр кэлэр кэскилэ — ыччаттара буолаллар. Онон, быйыл манна анаан-минээн, «Кустук» диэн кэрэ ааттаах Оҕо театрын аспыттар. Бу бастакы Оҕо театрын режиссерунан Гаврил Вырдылин диэн эдэркээн уол буолар. Ол эрээри Гаврил — театрга сыстыбыта ырааппыт, уопуттаах киһи.
Кини, бэйэтин көҕүлээһининэн Чөркөөх народнай театрыгар Оҕо студиятын аһан ситиһиилээхтик үлэлэппит талааннаах режиссер Мотрена Николаевна Вырдылина төрөппүт уола буолар. Ийэтэ салайбыт студиятыгар бэрт кыра сааһыттан дьарыктаммыта. Бу Чөркөөхтөҕү Оҕо театрын ситиһиилэрин туһунан биһиги урут эмиэ суруйан түрардаахпыт. 2002 сыллаахха Владивостокка «Океан» лааҕырга Оҕо театрдарын көрүү-куонкуруска чөркөөхтөр «Дьулуруйар Ньургун Боотур» опоҥхону туруорууларынан Гран-при ылан уөрүүлэрэ үксээбитэ. Бу олоҥхону республикатааҕы «Синяя птица» үөрэнээччилэр театральнай фестивалларыгар көрдөреннөр эмиэ лауреат үрдүк аатын сүкпуттэрэ.
2007 сыллаахха туруорааччы-режиссер Мотрена Вырдылина, кэргэнин Гаврил Гаврильевич Вырдылин-I сценарийынан, «Хотугу Хотой оҕо сааһа» дизн бастакы Президент М.Е.Николаев туһунан спектаклы саҕалааи баран, хомойуох иһин, ыалдьан бу күн сириттэн барбыта, онуоҕото Гаврил Вырдылин ситэрэн, олоххо киллэрбитэ. Онон, режиссер умсулҕаннаах үлэтигэр уһуйулларга кыым саҕар тымтыгы Ганя ийэтиттэн тутан хаалбыта диэххэ сөп. Ити 2007 сыл сэтинньи ыйга Чөркөөх ыччаттара саҥэ спектаклларын Саха театрын сценатыгар, Өктөм, Хатас Культүратын дьиэлэригэр туруорбуттара, салгыы, Үөрэхтээһини, науканы уонна культураны өйүур фонда көмөтүнэн, Ньурба, Амма, Мэнэ-Хангалас улуустарын нэһилиэктэринэн сыпдьыбыттара, көрөеччү махталын ылбыттара.
Айар баҕалаах ыччаттар бэйэлэрин искусство араас көрүҥэр боруобаланаллар, ол курдук, оҕолор бэйэлэрин сценарийдарынан, бэйэлэрэ режиссердаан, оонньоон, монтажтаан, «Таҥха» диэн киинэни уһулбуттара.
Чөркөөх народнай театрыттан тахсыбыт уолаттартан, холобурун ыллахха, Роман Дорофеев үөрэҕин бүтэрэн баран Саха театрыгар бэрт ситиһиилээхтик үлэлии-хамсыы сылдьарын билэбит. Оттон Гаврил Вы рдылин эмиэ АГИКИни ситиһиипээхтик бүтэрэн баран, билигин дойдутугар Тааттаҕа, «Кустук» театрга 40-ча оҕону дьарыктыыр. Мин командировкаҕа сылдьар кэммэр «кустуктар» Эдуард Пекарскай 150 сылыгар аналлаах дьүһүйүү бэлэмнээбиттэр этэ.
— Мин сурүн сыалбынан — уолаттары дьарыктыы сатыыбын. Хайаан даҕаны актер, режиссер буолуҥ диэбэппин, тоҕо диэтэргит, уопсайынан, сцена киһини элбэххэ үөрэтэр. Оттон кыратыттан сценаҕа тахсан холкутук туттан, саҥара иҥэрэ, көҥүллүк айа үөрэммит киһи бу сатабылын салгыы сайыннаран, олоххо ситиһиилээх буолар, —диир эдэр режиссер Гаврил Вырдылин.
Үбүлүөйдээх Таатта народнай театрын артыыстарыгар уонна ытыктыыр «Таатта» хаһыаппыт коллективыгар Саҥа дьыллааҕы эйэҕэс эҕэрдэбитин ыытабыт, элбэх ааҕааччыны, үгүс көрөөччүнү баҕарабыт!