Константин Меркурьевич Мамонтов — Россия, Саха сирин Художниктарын союһун чилиэнэ, СР искусствотын үтүөлээх деятелэ, РФ норуотун үөрэҕириитин туйгуна, Арктикатааҕы искусство, культура институтун доцена.
Кэргэннээх, биир оҕолоох.
1. Духуобунас туһунан Эн тус санааҥ…
— Духуобунас диэн олохпут сүрүн ис хоһооно дии саныыбын. Ол төрүт культурабытыгар, үгэстэрбитигэр, чаҕылхай дьоммут олохторугар күөстөр, ону үөрэтэн бэйэбитигэр, ыччакка иҥэрэр, иитэр сорук турар. Ону таһынан киһи бэйэтин тус олоҕор, дьиэ кэргэнигэр, общество тулалыыр эйгэ иннигэр эппиэтинэстээхтик сыһыаннаһан, өрө көтөҕүллэн үлэлиирэ эмиэ духуобунаска киирэр буолуохтаах.
Духуобунай сайдыыбыт үрдүүрүн туһугар анал государственнай политика үлэлиэхтээх.
2. Саха омук менталитетын уратыта…
— Кытаанах айылҕалаах Хоту дойдуга үөскээбит буолан, саха киһитэ сырдыкка талаһыыта, олоххо тардыһыыта күүстээх. Дьоҥҥо көмөлөһөрө, өйөбүл буолара хааныгар баар. Саха норуота историятын, үгэстэрин, абыычайдарын ытыктыыр, ол хаачыстыбатын атын омук дьоно эмиэ бэлиэтии көрөн ытыктыыллар.
3. Инники кэскилбит тугунан торумнанар?
— Общество киһиттэн турар. Хас биирдии киһи бэйэтин күүһүгэр, кыаҕар эрэнэр, таһаарыылаах үлэтинэн бэйэтин, дьиэ кэргэнин иитэр, толору хааччыйар буолуохтаах.
— Константин Меркурьевич, муосчут идэтигэр аан бастаастаан ким эйигин уһуйбутуй?
Үөрэммит оскуолабар Семен Семенович Гурьев диэн улэ учуутала баара. Кини муоска кыһан оҥорор үлэлэрин кэрэхсии, сэргии көрөн 3 кылаастан дьарыктанар буолбутум. Устунан абылатан, улахан кылаастарга сылдьан муосчут идэтин олоҕум дьарыга оҥостор санаа киирбитэ. Оччолорго мин балаһыанньабар үөрэххэ туттарсыы, киирии уустук соҕус этэ. Аҕабыт Меркурий Захарович, сзрии кыттыылааҕа, мин биир саастаахпар елбүт, онон уонтан тахса оҕо буолан ийэбитигэр Дария Инноконтьевнаҕа хаалбыппыт. Ол иhин харса суох үөрэнэн, үлэлээн дьон кэккэтигэр тахсарга сыал-сорук туруоруммутум.
— Аан бастакы оҥоһуккун өйдүүгүн дуо?
— Дьэ ону өйдүүбүн, сэргээх ат этэ. Уонна биир бастыҥ илэм — балеты үҥкүүлүү сылдьар уоллаах кыыс. Ону оонньуур кулуүһүнэн эрийдэххэ эргийэр этилэр.
— Муосчут буолуу төһө өр сыллаах маастарыстыбаны эрийэрий?
— Хас биирдии үөрэммит сириҥ бэйэтэ туһунан оскуолалаах, онтон ханнык эрэ ураты билиини ылаҕын, салгыы бэйэҥ тупсаран, сайыннаран иhэҕин. Училищeҕа аан маҥнай эскиз уруһуйдаталлара, пластилинга эллээн онорорбут уонна дьэ дьиҥнээх матырыйаалга көһөрбүт. Онно холоотоххо билигин муоһу ылан керөрбөр, тас көрүҥүттэн туга ханнык эрэ уобарас, идея киирэр уонна ону оҥоробун.
Оҥоһук ити гынан баран сатанардаах-сатамматтаах. Сороҕу сонно биир күнүнэн бүтэриэххэ сөп, сороҕу ыйы-ыйдаан, сылы-сыллаан соһо сылдьыахха сөп. Уһуох чинчилэннэҕинэ ылан көстүүлээх сиргэ ууран кэбиһэбин. Онон иэйии хайдах киирэриттэн тутулуктанан улэлиир буоламмын, чуолкай былаан диэн суох. Көннөрү оҥостон кэбиһэбин, онтум сороҕор кэһиллиэн сөп.
— Ордук ханнык темаҕа аhsллан улэлиигин?
— Фольклорга, национальнай темаҕа ордук табыллан улэлиибин. Ханна да сылдьым, олоруум — Магадан, Таймылыыр, Красноярскай к. буоллун, оҥоһуктарым сахалыы уобарастаах, матыыптаах тахсаллар. Ол арааһа ханнык баҕарар үлэни бэйэҥ хайдах керергүттэн, толкуйдуургуттан тутулуктаах быһыылаах. Биһиги матырыйаалы бэйэтинэн хаалларарга дьулуһар эбиппит.
— — Республика тас өттүгэр улэлииргэ усулуобуйа хайда5ый?
— Магадаҥҥа муосчуттарга наадыйалларын истэн, онно тиийбитим. Миигин 4-5 киһилээх айар группаҕа киллэрбиттэрэ, онно оҥорон таһаарбыппытын сөбүлээтэхтэринэ маассабай атыыга ыыталлара. Бастаан утаа үтэн-анньан көрөн баран, кэлин бэйэбиттэн үөрэнэн барбыттара.
— Оттон биһиэхэ?
— Мин саамай сөҕөрүм диэн, биһиги сырьенан да, талааннаах дьонунан да наһаа баай сиргэ олоробут. Ол эрээри оҥорорго, үлэлииргэ усулуобуйа суох. Быыкаа мастарыскыай хостоохпор үлэлиибин, студеннарым онно кэлэн үөрэнэллэр. Үөһэ олорооччулар искусство диэни өйдөөбөттөр, оҥоһугу маассабай атыыга дуу, бэлэххэ дуу барар эрэ курдук саныыллар. Оҥоһук эппитим курдук иэйии киирэриттэн тутулуктаах, илиим таһынан оҥоруохха эрэ диэн оҥорорбун олох сөбүлээбэппин. Дьиҥэр биһиги, муосчуттар, бэйэбит да аҕыйахпыт ээ, уончабыт. Кинилэргэ мастарыскыай биэрэн, стипендия анаан, инструменнарынан, матырыйаалынан хааччыйалларя буоллар, үлэни дьэ төһө баҕарар үлэлиэ, угуллубут үбү аҕыйах сылынан төннөрүө этибит.
Атын регионнарга, холобура, буряттарга маастардар дэриэбинэлэрэ диэн баар. Ол иһин кинилэр ювелирнай оҥоһуктара тас дойдуларга таҕыста. Чукоткаҕа муосчуттарга аналлаах улахан мастарыскыай үлэлиир, эмиэ ырааттылар. Арай биһиги оннубутуттан хамсаабаппыт.
— Константин Меркурьевич, Саха сиригэр муосчут идэлээх киһи теһө элбэҕий?
— Прикладниктар, дьиҥэр, элбэхтэр. Сыллата художественнай училищены 4-5-тии оҕо бүтэрэр уонна, хомойуох иһин, тыаҕа баран сүтэн хаалаллар. Бу Арктикатааҕы институкка кинилэри үрдүк үөрэхтээри, эһиил муосчуттар отделениеларын астарыахпын баҕарабын, онтон кэлин табылыннаҕына прикладной искусство факультета аһылларын туруорсуохпут. Дьэ оччоҕо училищены бүтэрбит оҕолор манна үрдүк үөрэҕи ылан баран, салгыы аспирантураҕа киирэн иһиэ этилэр буоллаҕа дии.
— Ол факультет аһылларыгар туох мэһэйдиирий?
— Матырыйаалга, инструмеҥҥа үтүмэн элбэх үп барар. Туох наада буоларын тута сылдьар испииһэкпин көрдулэр да ах бараллар, антах анньаллар. Холобура, мин хамнаһым аҥара имструменнары атыылаһыыга барар, аны онтуката суох оҕолору үөрэппэккин. Ол гынан баран ректорбыт өйүүр, онон санаабыт бөҕөх соҕус, эрэнэбит.
Туспа отделение аһыллара буоллар, художественнай училищены бүтэрбит бэлэмнээх оҕолору ылыам этэ. Оччоҕо ордук түмүктээх үлэ тахсыа. Бэйэм дьаныһан туран үөрэммит буолан, оҕолор өссө үөһэ тахсан иһиэхтэрин баҕарабын. Оччоҕо эрэ атын омуктар искусстволарын таһымыгар тахсыахпыт. Билигин Япония, Китай муостан оҥорор үлэлэрин таһыма олох үрдүк.
— Тыа сиригэр художественнай оскуолалар балаһыанньалара хайдаҕый?
— Дьэ ити эмиэ биир ыалдьар боппуруоһум. Тоҕо эрэ биһиэхэ кэлтэй сайыннарыы барар, ол курдук улуус аайы сороҕор иккилии музыкальнай оскуолалар үпэлииллэр, кыраныысса таһыгяр субу-субу тахсаллар. Оттон художественнай оскуолалар респу-лика үрдүнэн баара-суоҕа Тиксиигэ, Покровскайга, Бүлүүгэ уонна куоракка эрэ үлэлииллэр. Тыа сиригэр учууталлаабыт киһи быһыытынан билэбин, талааннаах оҕо аһары элбэх. Дэлэҕэ да Бүлүүгэ ити билигин үлэлии турар оскуолалартан биирдэстэрин астарыам дуо. Дьоҕурдаах оҕолору таба көрөн, харса суох көҕүлээн, үлэлэтэн, быыстапкаларга кытыннаран, таһааран иһиэххэ наада.
— Художниктар союзтара итиннэ үлэни ыыппат дуо?
— Ити боппуруостарынан Үөрэх, Культура министерстволара дьарыктаналлар. Оттон Художниктар союзтара сүрүннээн идэтийбит художниктары кытта үлэлиир. Биэс сыл бырабылыанньаҕа үлэлээбит буолан билэбин, ити кэм устата прикладной искусствоҕа сыһыаннаах уонча киһини туруорсан РФ Художниктарын союһун чилиэнэ оҥоттордум.
— Константин Меркурьевич, үөрэппит оҕоҥ элбэх буолуохтаах.
— Мин бэйэм өйдүүрбүнэн, талааннаах киһи үөрэнээччилэрдээх буолуохтаах. Баҕар ол улахан дьиэ кэргэҥҥэ улааппыппыттан эбитэ дуу. ону эбэһээтэлистибэ курдук саныыбын. Учуутал быһыытынан 400-тэн тахса оҕону үөрэттим, аҥардас муосчут идэтигэр 150 оҕону уһуйдум. Искусствоҕа сыстыбыт киһи хаһан баҕарар ыраас санаалаах, кэрэни кэрэхсиир, культуралаах киһи буолар. Ол иһин биир үксүн художественнай оскуолалар аһыллыахтарын баҕарабын, кэрэ эйгэтигэр сылдьар оҕо куһаҕан дьаллыктартан көмүскэллээх, чөл куттаах улаатар, баҕар, бу дьарыгы идэ оҥостубатар даҕаны.
Үөрэппит оҕолорбуттан ордук айан үлэлиир оҕолорбун кэтээн көрөбүн: Айаал Софроновы, Федот Федотовы, Казимир Петрову Михаил Петрову, о.д.а. Хомойуох иһин, бу оҕолор үлэлиир мастарыскыайдара суох, оҥоһуктарын үпкэ-харчыга ыктаран араастаан батараллар. Ол иһин мин кинилэргэ бастыҥ үлэлэргитин варианнаан хаалларан иһэр буолуҥ диэн сүбэлиибин. Киһи бастыҥ үлэтэ хайаан да дьон-сэргэ көрөр сиригэр, музейга туруохтаах. Урут музейдар атыылаһар этилэр да, ол билигин тохтоон турар, дьиҥэр хардарыта барыстаах дьыала буолуо этэ.
— Бу үлэлээбит кэммҥ устата муостан тоһө үлэни оҥорбутуҥ буолуой?
— Балтараа тыһыынча кэриҥэ баар. Ол эрээри билигин да кыахпын ситэ туһаммакка сылдьабын дии саныыбын. Киһи олоҕо, кырдьык, кылгас эбит. Билигин наар ыксыы сылдьабын, үлэлииргэ бириэмэ тиийбэт, аралдьыйарыҥаны наһаа элбэх. Онон сарсыарда туран үлэлии түһэбин уонна дьэ өрөбүл күннэри кэтэһэбин, наҕылыччы үлэлээри.
— Эн биир интервьюгар аат-суол киһини өссө элбэххэ эбээһинэстээри бэриллэр диэбиттээххин.
— РФ искусствотын үтүөлээх художнигын аата бэриллибитэ, аны аан дойду таһымыгар тахсан Россия аатын-суолун үрдэтэрбэр эбээһинэстиир. Билигин Хоту дойду тематыгар биир метр кэриҥэ усталаах мамонт аһыытыгар үлэ оҥоро сылдьабын. Итиэннэ, эппитим курдук, прикладной искусство факультетын астарарга дьулүһабын.
— Ити факультеты үерэнэн бүтэрбит оҕолор тугу үлэлиэхтэрэй?
— Прикладной искусство идэтэ элбэх: мас ууһа, муосчут, ювелир, тимир ууһа, иистэнньэҥ, онтон да атыттар. Кылаабынайа, дьон-норуот туттар, сэргиир малларын оҥороллор. Дьиҥэр, кинилэргэ улэ булан биэрэр улахан уустук дьыала буолбатах. Билигин олохтоох салайыныыга киирээри олоробут. Онно улуус мастарыскыай аһан, бу дьону үлэлэттэҕинэ, ама, хамсааһын тахсыа суоҕа дуо? Итини таһынан искусствоны олох бары эйгэтигэр өрө таһааран, нэһилиэнньэ эстетическэй вкуһун сайыннарар эмиэ туох куһаҕаннаах буолуой. Билигин биһиэхэ аҥардас ювелирнай оҥоһуктары өрө тутуу барар. Атыттары эмиэ умнумуохха наада.
— Муостан үлэлэри тас дойдуларга төһо сэҥээрэллэр?
— Хайа дойдуга таһаараргыттан тутулуктаах. Бу идэ сайдыбыт сиригэр Японияҕа, Германияҕа наһаа сэргииллэр, мамоны да билэллэр. Польшаҕа сүүрбэччэ үлэбин атыыласпыттара. Атын дойдуларга бэйэҥ тахсарыҥ билигин көҥүл гынан баран, уустуктардаах. Онон музейдары эбэтэр коллективтары кытта тахсарыҥ ордук чэпчэки. Омук сиригэр быыстапкалыы таҕыстахпына билэр дьонум «дьэ байан кэлэриҥ буолуо» дии хаалаллар. Хантан байар туһунан саныаххыный, дойдум, республикам чиэһэ диэн сүүрэ сылдьаҥҥын. Мин көрөрбүнэн, тас дойдуларга ырыа-үҥкүү ансамбллара үгүстүк тахсаллар, кинилэри кытта бииргэ тахсан муос оҥоһуктары быыстапкалаатахха, Сахабыт сирин туһунан омуктар өйдөбүллэрэ өссө ордук кэҥиэ этэ.
Антонина ЭВЕРСТОВА