21.03.2018 16:52
Арктика култууратын уонна ускуустубатын судаарыстыбаннай институтугар (АГИКИ) Таймыыр оҕолорун 16 киһилээх улахан бөлөҕө кэтэхтэн үөрэнэн бүтэрээри сылдьар. Бу күннэргэ дьупулуомнарын көмүскүөхтээхтэр. Итилэртэн 13 устудьуон хаан аймахтарбыт – долгаан-сахалар.
Бүгүн Таймыыр Сындааскы диэн бөһүөлэгиттэн төрүттээх, кэтэхтэн үөрэнэр IV куурус устудьуоннара Адея Еске уонна Наталья Чуприна ыалдьытттыыллар.
– Кыргыттар, кимтэн кииннээххитий, хантан хааннааххытый?
Адея: – Иккиэн Красноярскай кыраайга, уруккута Хаатанга оройуонун Сындааскы бөһүөлэгиттэн төрүттээхпит. Бөһүөлэкпитин нууччалыы наар “Сындасско” диэн суруйаллар. Оттон биһиги “Һындааскы” диибит.
Наталья: – Һындааскы Таймыырга саамай хоту сытар бөһүөлэк. Аан дойдуга саамай уһук хоту сытар нэһилиэнньэлээх пууннар ахсааннарыгар киирэр. Бөһүөлэккэ 500 кэриҥэ киһи хонор. Бары – долгааннар.
– Хонор диэн тугу ааттыыгытый?
Наталья: – Аа, “олорор” диэн биһиэхэ “хонор” диэн буолар.
Адея: – Һындааскыга хонор эрдэхпитинэ оскуоланы Наскуо диэн бөһүөлэккэ (Хатангаҕа) оскуоланы бүтэрбиппит. Тоҕо диэтэххэ, ¤ындааскыга алын кылаастар эрэ үөрэнэр оскуолалара баар. Наскуоҕа интэринээккэ олорбуппут.
– Арктика институтугар үөрэнэр санаа хаһан киирбитэй?
Адея: – Биһиги иккиэн Дудинка куоракка баар колледжы бүтэрбиппит. Дудинка биһигиттэн ыраах, икки чаас курдук сөмөлүөтүнэн көтөҕүн. Дудинка – Таймыырдааҕы Долган-Ниэньэс оройуонун киинэ. Колледжка араас идэлээх исписэлиистэри бэлэмнииллэр. Ону бүтэрэн баран мин информатика учууталынан, оттон Наталья култуура дьиэтигэр үлэлиир. Мин өссө Долгааннар сойуустарын бэрэссэдээтэлин солбуйааччытабын. Ол иһин билиибитин-көрүүбүтүн кэҥэтэрбит, салгыы үөрэнэрбит хайаан да наада диэн санааттан Дьокуускайга үөрэнэ кэлбиппит.
– Оскуолаҕа уонна колледжка долгаан тылын уонна литэрэтиирэтин үөрэттэххит дии?
Наталья: – Һындааскыга уонна Наскуоҕа үөрэнэрбитигэр үөрэппиппит. Оттон Дудинкаҕа долгааннары таһынан ниэньэстэр, нганасаннар, энецтэр уонна эбэҥкилэр хоноллор. Ол иһин ити тылларга барыларыгар нэдиэлэҕэ биирдии эрэ чаас бэриллэрэ.
– Кэтэхтэн үөрэнэр буолан элбэхтик төттөрү-таары айанныыр буоллаххыт дии?
Адея: – Оннук. Дьиэлиирбитигэр, холобур, мантан Новосибирскайга көтөбүт. Онтон – Норильскайга. Норильскайтан Дудинка син чугас, массыынанан тиийэбит.
– Дьокуускайга бастаан кэлэн баран дьон-сэргэ сахалыы кэпсэтэрин-ипсэтэрин толору өйдүүр этигит дуу?
Адея: – Толору өйдөөбөппүт бөҕө буоллаҕа. Биһиэхэ нууччалыы-долгаанныы булкуйа саҥараллар. Холобур, дьиҥнээх долгааннар ити ыйытыыгар: “Олус понимайдаабаппыт, чисто-чисто өйдөөбөппүт”, – диэн эппиэттиэ этилэр. Ол курдук “дуумайдаатахха” – “дуумайдыыр” эҥин диэн нууччаттан киирии тыллары аһара туттар эбиппит.
Оскуолаҕа үөрэнэрбитигэр долгаан тылынан “Букубаар” эҥин баара. Билигин долгаан тылынан кинигэлэр суохтар. Мин саха тылын син дьаныһан үөрэттим. Ол курдук, сахалыы кинигэлэри, хаһыаттары ааҕабын. Бастаан өйдөөбөт этим, кэлин хат-хат ааҕан, өйдөөбөт тылларбын дьонтон ыйытан – син өйдүүр буоллум.
Наталья: – Бастаан кэлэн баран сахалыы саҥаны өйдөөбөт этим. Манна дьон олус түргэнник саҥарар. Биһиги, долгааннар, бытаан, наҕыл соҕус саҥалаах-иҥэлээх дьоммут.
– Саха сиригэр кэлэн баран ханнык тыллар туттуллубаттарыттан соһуйа санаабыккытый?
Адея: – Биһиги: “Баскуой да уол, баскуой да кыыс”, – диэччибит. Суолтата – кырасыабай диэн. Ити тыл сахаларга туттуллубатын сөҕө санаабытым. Эһиэхэ өссө “өйдүүбүн” диэн суолталаах “туолкулуубун” диэн тыл туттуллубат. Эн, холобур, “чэгиэн” диэн тылы хайдах өйдүүгүнүй?
– Чэгиэн диэн кытаанах, доруобай диэн суолталаах. Холобур, чэгиэн киһи, чэгиэн мас, чэгиэн олох.
Адея: – Оттон биһиги чэгиэн диэн ис киирбэх киһини ааттыыбыт. Нууччалыы эттэххэ – симпатичнай. Холобур: “Чэгиэн да уол”, – диэччибит.
Наталья: – Долгааннар “аймах” диэн тылы туттубаттар, наар “уруу” диибит. Уонна, холобур, “айах” биһиэхэ “аньах” диэн буолар. Сахалар “аҕал” диир буоллахтарына – биһиги “эгэл” диибит. Ити курдук, биһиги, долгааннар, “ҕ” оннугар “г” буукубаны, оттон “х” оннугар “к”-ны ордук хото туттарбытын бэлиэтии көрбүтүм.
– Долгааннар наһаа дьэрэкээн, ойуулаах-оһуордаах национальнай соннооххут дии.
Адея: – Оннук, долгааннар национальнай таҥастара элбэх уратылардаах. Мин Анаабыр Үрүҥ Хайатыгар олоро сылдьыбыттаахпын. Онно долгаан национальнай таҥаһын араастык тигэллэр, хас да омук култууратын өрүттэрин булкуйа-тэккийэ туталлар этэ. Холобур, таҥаһы араас өҥүнэн барытынан тигэллэр. Дьахтар сонун түөһүгэр түөрт муннуктуу быһыылаан араас ойууну-мандары түһэрэллэр. Итинник буолуо суохтаах. Долгаан төрүт култууратыгар итинник быһыылаах сону эр киһи эрэ кэтэр. Итинник кыра кыралаан сыыһа-халты элбэх.
– Төрөөбүт Сындааскыгытыгар бара сылдьааччыгыт дуу?
Наталья: – Баран бөҕө буоллаҕа дии. ¤ындааскыбытыттан күүс-уох, эрчим бөҕө ылынан кэлээччибит. Оҕолорбутун да ыытааччыбыт. Кинилэр илимниэхтэрин, кыыллыахтарын, хаастыахтарын баҕараллар аҕай. Ол иһин үксүн ыам ыйыгар ыытааччыбыт.
– Ыаллыы олорор Анаабыр улуһун кытта сибээстэһэр буоллаххыт?
Наталья: – Хардары-таары сылдьыһыы син баар. Ити биир үксүн сааскы өттүгэр, халлаан арыый сылыйбытын кэннэ буолааччы. Туундара хоһууннара “Бураанынан” көтүтэллэр.
Адея: – Анаабырга эбэбинэн аймахтарым бааллар. Холобур, Үрүҥ Хайаҕа Валерий Спиридонов олорор. Кини ийэтэ уонна мин эбэм бииргэ төрөөбүттэр. Валерий Егоровиһы анаабырдар үчүгэйдик билэллэр. Кини Үрүҥ Хайа оскуолатыгар дириэктэринэн үлэлии сылдьыбыта.
– Дьокуускайга ас-үөл, табаар Таймыырдааҕар сыаналаах дуу, арыый чэпчэки дуу?
Наталья: – Сорох өттө сыаналаах, сороҕо – чэпчэки. Ортотунан таһаардахха тэҥ тэҥэр тахсар. Манна эт, балык аһара сыаналаах дии. Дьоммут ¤ындааскыттан баһыылка ыытан абыраатылар аҕай. Ити баһыылка массыынанан кэлбитэ.
– Таймыырга элбэх сир-дойду сахалыы ааттаах эбит. Учуонай-топонимист Багдарыын Сүлбэ үлэлэрин сөбүлээн ааҕар буолан билэбин.
Адея: – Таймыырга Анна Барболина диэн топонимиканы аһара интэриэһиргиир, анал үлэлэри суруйар киһи баар. Кини – Дудинкаҕа хонор, норуот айымньытын дьиэтигэр үлэлиир. Анна Алексеевна омугунан долгаан, Попигай диэн бөһүөлэктэн төрүттээх. Попигай ¤ындааскыттан чугас турар.
Анна Барболина үлэлэрин интэриэһиргээн ааҕабыт. Кини “Таймыыр топонимиката” диэн киэҥ биһирэбили ылбыт үлэлээх. Онно, холобур, Таймыр диэн тыл долгаанныы “тымыр” эбэтэр тоҥустуу “тамур” диэн тыллартан үөскээбит буолуон сөп эбит. Оганер, Талнах, Кайеркан диэн топонимнар суолталарын киһи дэбигис өйдөөбөт. Онтубут оҕонньор, тааҥнаах, хайыркаан диэн тыллартан үөскээбиттэр эбит.
– Норуоккут аата долгаан диэн эбэҥки биис ууһун аатыттан үөскээбит диэни аахпыттаахпын. Эһиги долгаан диэн этнонимҥа (норуот аатыгар) туох санаалааххытый?
Наталья: – Долгаан диэн этноним туһунан иҥэн-тоҥон, хасыһан үөрэппэтэх эбиппит. Ол эрээри долгааннар булкаас омукпут, сахалартан уонна эбэҥкилэртэн сыдьааннаахпыт диэн өйдүүбүт. Омукпут аата “тыа киһитэ” диэн суолталаах. Биһиэхэ итинник өйдөбүл дириҥник олохсуйбут. Онон бэйэбитин “тыа киһитэ”, “һакалар” диэн ааттыыбыт.
– Оттон Саха сиригэр олорор сахалары хайдах ааттыыгытый?
Адея: – Якууттар диэн. Норуокка итинник ааттыыллар. Оттон эбэҥкилэри “эвентэр” диибит.
– Мин долгаан фольклорун эҥин ааҕан баран: “Биир норуоппут дии, тыллара олох сахалыы”, – дии санааччыбын.
Адея: – Тылбыт, кырдьык, майгыннаһар аҕай. Ол гынан баран төрүт култуурабытын сыныйан үөрэттэхпитинэ – араастаһар өрүппүт элбэх. Холобур, таҥаска-сапка, үгэстэргэ, аска-үөлкэ.
Наталья: – Омукпут үөскээһинигэр элбэх мөккүөр баарын билэбин. Сорох чинчийээччилэр норуоппутун: “Хотугу табаһыт сахалар биир салаалара”, – дииллэр эбит. Ол эрээри биһиги, долгааннар, сахалар уонна эбэҥкилэр биис уустарыттан үөскээбиппит туох да саарбаҕа суох. Нууччалар хааннара эмиэ баар. Былыр үйэлэртэн Дудинка уонна Хатанга өрүстэр кытылларыгар нуучча бааһынайдара олорбуттар. Кинилэри “туундара бааһынайдара” диэн ааттыыллар эбит.
– Арктика институтун ханнык салаатыгар үөрэнэҕитий?
Адея: – Норуот уус-уран култуурата диэн салааҕа. Элбэххэ үөрэннибит, дойдубутугар тиийэн маны барытын үлэбитигэр-хамнаспытыгар туһаныахпыт.
Наталья: – Кырдьык, элбэххэ үөрэннибит. Холобур, маассабай тэрээһиннэри хайдах көдьүүстээхтик ыытарга, бырайыактары хайдах оҥорорго… Бу күннэргэ дьупулуоммутун көмүскээри сылдьабыт. Ол эрээри Дьокуускайга өссө да кэлиэхпит. Аны сайын Туймаада ыһыаҕар кэлиэхтээхпит. Туймаада ыһыаҕар биирдэ даҕаны сылдьа иликпит.
– Кыргыттар, кэлэн кэпсээбиккитигэр-ипсээбиккитигэр улахан махтал! Төрүт култуураны, үйэлээх үгэһи сайыннарар үтүө сыдьаайдаах үлэҕитигэр ситиһиилэри баҕарабын!
Федор РАХЛЕЕВ.