Инна Иннокентьевна Саввинова – Арктикатааҕы культура уонна искусства государственнай институт гуманитарнай кафедратын старшай преподавателэ.
— Мин институкка «Русский язык уонна культура речи» диэн диссипилиинэни биэрэбин. А.И.Герцен аатынан государственнай педагогическай университекка аспирантураны бүтэрбитим. 2004 сыллаахха «Развитие читательского воображения учащихся 5-6 классов якутских школ» диэн темаҕа кандидатскай диссергациябын ситиһиилээхтик комускээби-тим.
— Россияҕа бастыннар кэккэлэригэр киирбиккин?
— Былырыын сэтинньи 27-28 күннэригэр Белгород куорак-ка Федеральнай үөрэхтээһин агентствотын сакааһынан «За образцовое владение русским языком в профессиональной речи» диэн бүтүн Россиятааҕы күрэхтэһиигэ кытгар чиэскэ тиксибитим. Күрэхтэһиигэ Россия араас мүннүктарыттан 300тэн тахса киһи кыттыыны ылбыта. Кинилэр ортолоругар биллиилээх учуонайдар, педагогтар бааллара. Финалга 25 кыайыылаа5ы ааттаабыттара. Кинилэр ортолоругар мин эмиэ баарым. Күрэхтэһиигэ «Формирование языковой личности студентов-билингвов в художественном вузе» диэн улэбинэн кыттыбытым.
Сэбиэт туһунан кылгастык ахтан аһарар буоллахха, мин «Образование молодых ученых» диэн бырайыакка кыттыһан үлэлиибин. Билигин докторскай диссертациябынан дьарыктанан эрэбин. Маны тэнэ художественнай хайысхалаах үрдүк үөрэх кыһаларыгар үөрэнэр устудьуоннарга анаан нуучча тылын учебнигын онорор санаалаахпын. Онон үлэ син биир элбэх. Ол киһини инникигэ кынаттыыр.
Көрөрбүт курдук, Саха сирин эдэр учуонайдарын, специалистарын үлэлэрэ элбэх эбит. Кинилэр научнай үлэлэрэ тус-туһунаннар, бэйэ-бэйэлэригэр адьас май-гыннаспаттар. Хас биирдиилэрэ киһи олоҕор олус наадалаахтар. Кинилэр научнай үлэлэрэ аҕа саастаас учуонайдарбыт нэһилиэстибэлэриттэн силисмугук тардаллара саарбаҕа суох. Кинилэри утумнааччылар курдук көрүөхпүтүн, сыаналыахпытын наада. Хас биирдиилэригэр Саха сирин науката сайдарын туһугар өссө айымньылаах, таһаарыылаах үлэни баҕарыаҕын.