Илин саҕаны одуулуур, анаарар…
Саха суругунан уус-уран литературатын аҕалаатар аҕата, чинчиһитэ А.Е.Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй илиилэрин ньилбэгэр ууран кытара кыыһан тахсан эрэр күнү—илин саҕаҕы одуулаан бэрт ырааҕы аттара саныы, анаара олорор…
Өксөкүлээх Өлөксөй төрөөбүтэ 125 сылыгар, Саха сирэ Россияҕа холбоспута итиэннэ Саха Республикатын киин куората Дьокуускай төрүттэммитэ 370 сылларыгар анаан Дьокуускай куорат Доҕордоһуу болуоссатыгар балаҕан ыйын 26 күнүгэр ити пааматынньык аһылынна. Пааматынньык 4 миэтэрэ кэриҥэ үрдүктээх, болуоссат хабайар хаба ортотугар оҥоһуллубут. Пааматынньык үрдүгэр тыалга-буурҕаҕа эриллэн -мускуллан кииллийбит мас лабаата суруйааччы уустук,утарсыылаах олоҕун санатарга дылы.
Пааматынньык аһыллар үөрүүлээх чааһыгар Саха государственнай университетын 300 студена Россия уонна Саха сирин государственнай былаахтарын итиэннэ Доҕордоһуу болуоссатыттан Ленин аатынан болуоссакка диэри кыһыл, күөх, маҥан өннөрдөөх дьэрэкээн саламалары күөрэччи көтөҕөн турдулар. Россия уонна Саха сирин гимннэрэ ылланар кэмнэригэр Россия уонна Саха республикатын былаахтара ыраас халлаан анныгар тэлимнээтилэр.
Пааматынньыгы аһарга СР Президенэ В.А. Штыров, вице-президент А.К. Акимов, Федерация Советын вице-скиперэ М.Е. Николаев, СР Правительствотын Председателэ С.Н. Назаров, СР народнай суруйааччыта, Социалистическай Үлэ Геройа Д.К. Сивцев-Суорун Омоллоон уонна Өксөкүлээх сиэнэ Р.Р. Кулаковская педьестал үрдүгэр тахсаллар.
90 сыл анараа өтгүгэр Хачыкаат сиригэр Өксөкүлээх Өлөксэй «Саха интеллигенциятыгар сурук» диэн анааран көрүүтүн суруйбута. Саха литературатын классигын бу суругар этиллэр чахчылары биһиги олоххо киллэрэ сылдьабыт. Кини экономикаҕа, норуоттар духовнай культураларын о.д.а. салаалары барҕардыыга туһаайбыт кэриэс тыллара кун бугуннэ диэри тыыннаах чахчы буолаллар.
Биһиги бүгүн Өксөкүлээх аатын тилиннэриигэ олохторун анаабыт, сыраларын уурбут дьоннору—Г.П. Башарины, А.Е. Мординовы, Семен уонна Софрон Даниловтары, Е.Е. Алексеевы о.д.а. умнарбыт сатаммат. Ордук улахан махталы бастакы Президент М.Е. Николаевка аныыбын. Михаил Ефимович Өксөкүлээх нэһилиэстибэтин тилиннэриигэ, духовнай баайын соргүтүүгэ оҥорбут кылаата тугунан да кэмнэммэт улахан. Бу пааматынньык кини дьулуурунан туруорулунна.
Саха Республикатын Президенин этиитин кэнниттэи тыыннаах сибэкки дьорболоро уурулуннулар. Духовность Академиятын президенэ А. Осипов, культура уонна духовнай сайдыы министрэ А. Борисов, П. Ойуунускай аатынан Государственнай бириэмийэ лауреата В. Федоров Өксөкүлээх Өлөксөй талааныгар анаан үс ытык уоту уматтылар. Бу кэннитгэн А.Е. Кулаковскай аатынан бириэмийэ лауреата, историческай наука доктора Е.Е. Алексеев, СГУ профессора Н.Г. Самсонов, народнай поэт С.И. Тарасов, Өксөкүлээх сиэнэ, СР культуратын үтүөлээх үлэһитэ Р.Р. Кулаковская, СГУ студена В. Гаврильев Өксөкулээххэ аналлаах истиҥ-иһирэх тыллары эттилэр.
Пааматынныгы аһыы үерүүлээх церемониятын кэннитгэн СР Президенэ В.А. Штыров, вице-президент А.К. Акимов, СР Правительствотын председателэ С.Н. Назаров, Ил Түмэн үөһээҥи уонна алларааҥы Палаталарын председателлэрэ В.В. Филиппов, Н.И. Соломов, Дьокуускай к. мэра И.Л. Михальчук о.д.а. салайааччылар куорат олохтоохторун кытта саҥа аһыллар СР культуратын уонна искусствотын Арктическай Государственнай Институтугар диэри парадтаан бардылар.
Арктическай, государственнай!
П.А. Ойуунускай аатынан Саха Академическай театрын кэннигэр, С. Орджоникидзе аатынан уулусса уҥуор сүүнэ дьиэ багдайар. Инниттэн көрдөххө, сүүнэ улахан уу аалыгар майгынныыр. Ойоҕоһуттан одууластахха саха сүдү моҕол ураһатын санатар. Бу — культура уонна искусство Арктическай Государственнай институтун сана корпуһа.
А.Е. Кулаковскай—Өксөкүлээх Өлөксөй пааматынньыгыттан сэлэлии хаамсан кэлбит дьон бу саҥа аһыллар институт иннигэр мусталлар. Үрдүкү педьесталга СР Президенэ В.А. Штыров, Федерация Советын Председателин солбуйааччы М.Е. Николаев, СР вице-президенэ А.К. Акимов, Ил Түмэн Палаталарын председателлэрэ В.В. Филиппов, Н.И. Соломов тахсаллар.
Институту аһар үөрүүлээх чааһы вице-президент А.К. Акимов аһар. Кини кэнниттэн Президент В.А. Штыров маннык эттэ: «Бу институт 2000 сыллаахха СР бастакы Президенэ М.Е. Николаев кыһамньытынан тутуута саҕаламмыта. Бу бүгүн институт үөрүүлээхтик аһыллар түгэнигэр муһуннубут. Мин бигэтик эрэнэбин, бу институттан саха классиктара, бөлөһүөктэрэ иитиллэн тахсыахтарыгар. Итиэннэ Саха сирин арыйыыга, сайыннарыыга бүтүн олохторун анаабыт нуучча чулуу дьоннорун уонна Саха сирин бэрэстэбиитэллэрэ буолар араас омуктар ааттарын ааттатар, кинилэри үйэтитэр көлүөнэ үөскүүрүгэр».
Салгыы СР Тутууга уонна Архитектураҕа министрэ Ю.Н. Буслаев институт кэмус кулууhун СР Култураҕа уонна Духовнай сайдыыга министрэ А.С. Борисовка туттарда. Ити кэнниттэн институту христианскай абыычайынан алҕааһын буолла.
Ити курдук саҥа институт үөрүү-көтүү ортотугар аһылынна.
Дмитрий ФИЛИППОВ