Москва. Муус устар 22 кунугэр Москватааҕы консерватория улахан саалатыгар Глинка аатынан вокалистар норуоттар икки ардыларынааҕы кыттыылаах «Опера – новое поколениие» диэн гала – концерт буолан ааста.
Концерт иннинэ бэйэтин ккири тылын биллэр опернай ырыаһыт Владислав Пьявко эттэ. Кини: «Сорохтор Россия культурата эстэн эрэр диэн этэллэр. Мин ити этии туох да оруна суох дии саныыбын. Бугунну дьоро киэһээҕэ Россия араас куораттарыттан – Москваттан Дьокуускайга тиийэ олус талааннаах, кыраһыабай уонна саамай кэрэ, куустээх куоластаах ырыаһыттар тумсубуттэрэ ону туоһулуур», — диэн санаатын үллэһиннэ. Ырыаһыт галла концерт тэрийээччилэрин уонна эйээччулэрин билиһиннэрдэ, кинилэр истэригэр: Ирина Архипова фондата, Москва правительствота, «Орфей» классическай музыка радиота, «Мосэнерго» ААО уонна «Аллараа Элуэнэтээҕи»ААО.
Концерга Саха сириттэн меццо- сопрано куоластаах опернай артыыс, Глинка аатынан конкурс лауреата Анастасия Мухина – Тимофеева кыттыыны ылла. Биир дойдулаахпыт маннайгы отделенияҕа Н.Римскэй – Корсаков «Ыраахтааҕы кийиитэ» оператыттан Любаша сценатын толордо. Ону тэнэ ырыаһыт Челябинскай опера уонна балет театрын артыыһа Олеся Гордеевалыын Делиба «Лакме» оператыттан сибэккилэр туһунан дьикти ыраас ырыаны бэлэхтээтилэр.
Ырыаһыты истэ, эйуу угус биир дойдулаахтара, ордук чуолаан Москваҕа уэрэнэр устудьуоннар кэлбиттэр. Кинилэр Саха сирин РФ Президиенигэр Бастайааннай Бэрэстэбиитэлстибэтин культураҕа субэһитэ Мария Космолинская эруу босхо киирэр билиэт булан биэрэрин, сүбэ – ама биэрэрин иһин улахан махталларын тиэрдэллэр.
Дьокуускайтан сылдьар артыыһа билиһиннэрбиттэригэр, аттыбар олорор дьон эмиэ да соһуйа, эмиэ да дуоһуйа быһыытыйбыттара. «Дьокуускайга эмиэ опера баар эбит», — диэн ким эрэ сибсгинэйбитэ. Анастасия, кырдьык да, кэрэ куолаһын истэн, операны таптааччылар астынан, сырдаан, ырыаһыты угустэ дохсун ытыс тыаһынан эҕэрдэлээтилэр.
Биһиги артыыспыт маннык улахан концерка кыттыбыта Саха сирин туһунан үтүө санааны,сыһыаны тарҕатар. Ол курдук, «Опера – новое поколение» диэн гала – концерт туһунан тута «Культура» канал, «РИА – Новости» агенство курдук дьоһун МИС –лара иһитиннэрдилэр.
Дмитрий Осипов