САҤА КИРИИСКЭ

«Хаарыан   хампа…» сана састаабыгар оонньуур уол Роман Дорофеев, бу хайа оҕонуй?…»

Ааҕааччы суругуттан.

Татьяна МАРКОВАСаха театрын историятыгар, театры таптааччыларга ааспыт сайын бэс ыйыгар, ыһыах саҕана, биир уһулуччулаах событие буолбута — Чингиз Айтматов «Муора кытыытынан сүүрэн иһэр эриэн ыт» диэн сэһэнинэн «Хаарыан хампа күөх кытылым» — режиссер Андрей Борисов спектакла театр сценатыгар турбута 25 төгүрүк сылын туолбута. Бу сыллар тухары спектакльга, үгүс артыыс оонньоон кэллэ, ол эрэн, сүрүннээбит дьонунан, биллэн турар, Симон Федотов, Герасим Васильев, Христофор Сметанин, Степанида Борисова, Мария Канаева, Кирилл Семенов, Домна Уйгурова уонна Ефим Степанов курдук  талааннаах артыыстар буолаллар. Спектакль үрун көмүс үбүлүөйүн бэлиэтээбитин кэнниттэн, олох сокуона буоллаҕа, билигин эстафетаны саҥа көлүөнэ артыыстар туттулар. Ол курдук, театр аатыттан кэпсээччи, тиһэҕэр улуу ойуун — артыыс Айаал Аммосов, Арҕаан — Ефим Степанов, Кирис-Роман Дорофеев, Мылгун — Иннокентий Луковцев, Эмрайин -Петр Садовников, Кирис ийэтэ -Ильяна Павлова, Мылгун кэргэнэ — Ирина Никифорова, Музлук -Татьяна Макарова. Манна Ефим Николаевич Степанов, бу тухары Кирискэ уолу оонньоон кэлбит артыыс, билигин Аткычыах Арҕаан ытык кырдьаҕас оруолун оонньуур, онон кини — урукку састааптан тыыннаах ситим буолар киһи. Бу састаабынан кинилэр быйыл күһүн сэтинньигэ аан бастаан керөөччү иннигэр тахсыбыттара. Артыыстар долгуйууларын туһунан этэ да барыллыбат, он-нооҕор биһиги, көрөөччүлэр, дьэ хайдах буолар, диэн долгуйуубутсүр этэ. Онтон спектакль кэнниттэн, дьон сирэйинэн-хара5ынан, күө-дьаа буолбутунан сылыктаан,  биир тылынан эттэххэ, спектаклы, саҥа састаабы көрөөччү ылынна уонна сөбүлээтэ. Кэлин бу саҥа састааптан ордук Кирискэ уолу оонньуур Роман Дорофеевы дьон интэриэһиргиир. «Бу хайа оҕонуй?» дииллэрин үгүстүк истэбин. Онон, бүгүн биһиги редакциябытыгар ыалдьыттыыр Былатыан Ойуунускай аатынан Саха академическай драматическай    театрын эдэр артыыһа Роман  Дорофеев.

—   Роман, эн бэйэн «Хаарыан хампаны…» аан маннай ханна, хаһан көрбүккүнүй?

—  2002 сыллаахха Саха театрын сценатыгар көрбутүм. Ол сыл Арктическай культура уонна искусство институтугар (АГИКИ) актерскай салааҕа үөрэнэ киирбитим. Бэйэм театры сөбүлүүр этим, дойдубар Тааттаҕа,  Чөркөөххө оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан театральнай студияҕа дьарыктаммытым. Студент буолаат, 1 кууруска режиссер Андрей Борисов Саха театрын туһунан кинигэтин аахпытым.  Онно «Хаарыан хампа…» туһунан элбэхтик суруллубут этэ. Ону олус сэргээбитим. Ураты суолталаах айымньы, спектакль буоларын, хайдах эрэ, сэрэйбитим, өйдөөбүтүм.  Ол  иһин,  театрга афишаны көрөөт, тиийбитим.

—  Оччоҕуна эн бу спектакль аан бастаан сценаҕа турарыгар төрүү да илик буоллаҕын…

—  «Хаарыан хампаны…» Андрей Саввич 1982 сыллаахха туруорбута дии, кини дипломнай үлэтэ этэ. Мин 1985 сыллаахха төрөөбүтум. Тааттаҕа, Чөркөөххө.

— Ойуунускай дойдутугар…

— Ойуунускай үөрэммит оскуола дьиэтэ оччолорго балыыһа буолан турара, мин онно күн сирин көрбүппүн. Төрөппүттэрим –Марфа Семеновна, Роман Романович Дорофеевтар. Роман Дорофеев диэн олонхоһут эһээлээх этим. Бииргэ төрөөбүт туөрт уолбут. Мин кыраларабын. Платон Ойуунускай    аатынан Чөркөөх орто оскуолатын үөрэнэн бүтэрбитим. Билигин Былатыан Ойуунускай аатынан театрга үлэлиибин. Барыта  ситимнээх курдук… Онон төрөөбүт дойдубар, дьоммор-сэргэбэр, дойдум аатын ааттатар ытык иэстээх курдукпун… Ону хаһан эмэ толорор баҕа санаалаахпын.

—  Хаһан оинук санаа киирбитэй?

—  Оскуолаҕа үөрэнэ сырыттахпына. Историяны наһаа сөбүлүүр этим.    Өксөкүлээҕи, Алампаны, Ойуунускайы ааҕан баран наһаа сөхпүтүм. Бу олох тыа сириттэн төрүттээх уолаттар хайдахтаах курдук прогрессивнай өйдөөх санаалаах этилэрэй, хайдах курдук дойдуларын таптыылларай, дойдуларын кэскилин саныылларай, ол туһугар ыалдьалларай?!  Москва курдук улуу дойдуга тиийэннэр үлэлээбиттэрэ хамсаабыттара… Театральнай студияҕа дьарыктана сылдьан Ойуунускай айымньыларын үгүстүк туруорбуппут. Өксөкүлээ5и, Алампаны ааҕарбыт.

— Оскуолаҕа, театральнайга бэЙэн олох баҕаран туран дьарыктаммытын дуо?

—  Бастаан көннөрү оҕолору батыһан быһыылааҕа, онтон сыыйа ылларан испитим. Оттон салайааччыбыт Матрена Николаевна Вырдылина: «Эһиги кэнэҕэс баҕар артыыс да буолумаҥ, кылаабынайа — бу эһиги олоххутугар  наадалаах,  туһалаах  буолуоҕа. Бу санараргыт-инэрэргит, оруолга киирэргит, уобарастары   арыйаргыт   таах  хаалыа суоҕа «- диирэ. Мин Матрена Николаевнаҕа билигин олус махтана саныыбын. Кини биһигини элбэххэ үөрэппитэ. Түөрт уол буолан бастайааннай дьарыктаммыппыт. Үс уол атын эйгэҕэ бардылар, мин артыыс буоллум.

— Институкка кимиэхэ үөрэммиккиний, Рома?

— Биһиги кууруспут уус-уран салайааччытынан Эдвардас Степанович Купшис этэ. Биллиилээх артыыс, Нуучча театрыгар өр үлэлээбитэ, билигин Нерюнгри театрын салайар.

—  «Хаарыан хампа күөх кытылым…» спектаклы аан бастаан көрө олорон тугу санаабыккыный? Мин итинник оонньуом этэ диэн санаа кылам гымматаҕа дуо?

—  Суох буоллаҕа дии! Номох курдук көрбүтүм. ОЧЧОТООҕУ кэм салгына ил гынар курдуга, оннооҕор муора салгына кэлэргэ дылыта. Уонна, саамай астыммытымтыы эйиэхэ субу чугаһаан кэлэрэ! Маннык көстүү киһи кутун-сүрүн олус тутар эбит!..

— Оттон Кирис оруолугар аан бастаан боруобаланаргар эйиэхэ туох төрүөт буолбутай?

— Арай 2005 сыллаахха, 4-с кууруска үөрэнэ сырыттахпытына, Саха театрын кытта гастролга илдьэ бардылар.   Онно Улан-Удэҕэ, Улан -Баторга, Абаканна сылдьыбыппыт. Мин онно «По велению Чингисхана» спектакльга оонньообутум. Ити гастролга театр итиэннэ «Хаарыан хампаны…», «Макбеты», «Кыыс Дэбилийэни» көрдөрбүтэ. Дьэ, онно арай, биир репетиция кэнниттэн Андрей Саввич, «Хаарыан хампаҕа…» Кирис оруолун үчүгэйдик көрө сылдьын, диэн баран, хас да уол аатын кытта мин ааппын ааттаата. Мин наһаа соһуйдум. Онтон ыла Ефим Николаевич Кирис оруолун толорорун көрөбүн… Онтон биирдэ саас, театрга киирэн иһэн, арай, Андрей Саввич иһэрин көрдүм. Тугу эрэ этээри гыммытын, хайдах эрэ, сэрэйдим. Кини миигин батыһыннаран Ефим Николаевич кабинетыгар киллэрдэ. Дьэ онтон саҕаланна быһыыта. Мин буоллаҕына, премьера буолуор диэри олох итэҕэйбэккэ сылдьыбытым.

Репетициялыырын репетициялыыбын. Ол эрэн куттанабын. Толлобун. Долгуйабын. Арай Ефим Николаевич аттыбар баар диэн санаа эрэ эрэх-турах сананарбар көмөлөһөр. Кини миигин өйүүрүн көхсүбүнэн сэрэйэбин. Сүдү киһи олорор. Кини — дьиннээх Аткы-чыах Арҕаан! Кини сүбэтэ миэхэ наһаа көмөлөһөр. Маннык гын, диэн олох тууйбат, баттаабат. Чуолаан сүбэ курдук этэр, онто олус ылыннарыылаах буолар.

—  Рома, оруолгар хайдах бэлэмнэнэҕин, спектакль иннинэ анаан-минээн   тугу эмэ гынаҕын дуо?

— Спектакль буолуон үс-түөрт хонук иннинэ анаан-минээн бэлэмнэнэбин. Эппин-сииммин эрчийэбин. Кирискэ оруолун толорууга өй-санаа, эт-сиин  бэлэмэ уонна, кылаабынайа, турукка киирии наада. Спектакль иннинэ хайаан дабаны тыыбар киирэн олоробун, сытабын, тыыбын имэрийэбин-томоруйабын   уонна… барыта этэннэ буоллун, үчугэйдик бииргэ үлэлиэх, чэ кытаат, бүгүн эмиэ өссө биирдэ өрө көтөн тахсыах, дии-дии тыыбыттан көрдөһебүн… Санаабар, ол көмөлөһөр курдук…

— Кирискэ сааһа хаһый?

—  Уоннаах уон биирдээх уол. Оруолбун наһаа сөбүлүүбүн. Ахтабын. Сценаҕа оонньуу сырыттахпына бэйэтэ киирэн хаалбыта. Онон, оруолбар махтанабын.

—   Ефим  Николаевич туох диир?

— Оҕону оонньоомо, «не играй ребенка» диир, бэйэн-бэйэҕинэн сырыт диир.

— Дьэ, Роман, Ефим Николаевич курдук 25 сыл устата бу оруолу оонньуон дуо?

— Бириэмэ көрдөрүөҕэ. Спектакль геройа Балык ууһун дьонугар кэлэр дии,    онтон Олох салҕанар…     Бу    —    спектакль дьылҕата.  Биһиги спектакльбыт эмиэ киһи курдук дьылҕалаах… Билигин биһиги көлүөнэ спектакль дьылҕатын, ОЛОҔУН салҕыыбыт. Ол курдук салгыы бара туруоҕа бүтэр уһуга суох…

Муора кытылынан суурэр
Эриэн ыт очуос хайам,
Хаарыан хампа куох
Кытылым.
Мин эhиехэ эргиллен кэллим
Соҕотох.
Суох Аткычыах Арҕаан,
Суох Убай Мылгун,
Суох аҕам Эмрайин,
Ханналарын миигиттэн
Ыйытын…
Урут- уута, уута,
Утахпын ханнарыахпын,
Уута…
— дии-дии, Кирис уолчаан
Дьонугар илиитин уунар. Киниэхэ
Билигин уу аҕалан биэриэхтэрэ.
Уу – ол аата олох! Олох
Салҕанар…

Татьяна Маркова