УЧЕНАЙ — ФИЛОСОФ, ПЕДАГОГ, ДЬОҔУРДААХ ТЭРИЙЭЭЧЧИ

Анатолий Георгиевич Новиков — Саха сиригэр эрэ буолбакка, бүтүн Россияҕа биллэр көстөр биир бөдөҥ учёнай-философ. Кини быйыл күһүн 60 сааһын томточчу туолла. Ол сиппит-хоппут ученайга урукку олоҕун ырытан көрөн, инникитин ырыҥалатан, былааннанан көрөр бэлиэ кэрдиис кэмэ буолара саарбаҕа суох.

1969 сыллаахха В.В.Куйбышев аатынан Томскайдааҕы государственнай университекка «Математик-вычислитель» диэн идэни ылбыта. Бүтэрээт Саха государственнай университетыгар ананан   преподавательскай үлэ5э бэрт  ситиһиилээхтик улэлиир. Ити үлэлиир сылларыгар математикаттан философияҕа көһөр санааҕа улам ылларан иһэр. Анатолий Георгиевич математика киhини толкуйдатар дьоҕурунан, күүһүнэн хайдах эрэ философияҕа чугас  турарын өйдөөн, үөрэммит университетын аспирантуратыгар кандидатскай диссертация суруйар. 1982 сыл сааһыгар «Категория непрерывного и прерывного и их методологическая роль в научном познании» диэн ааттаах диссертациятын Ростов куоракка ситиһиилээхтик кемүскүүр . Ити тема математика категорияларын философия таhымыгар таһаарыыга анаммыт этэ.

Анатолий Георгиевич философия уонна научнай коммунизм кафедратыгар (СГУ) үлэлиир кэмигэр кафедра сзбиэдиссэйин солбуйааччытынан улэлээбитэ, Анатолий Георгиевич кафедраҕа научнай-чинчийэр   улэтин   тыаһа-ууһа суох салҕаабыта. Үлэтин үгүс аҥарын бүтэрэн  баран,   1990  сыллаахха старшай научнай үлэһит буолар.Онтон биир сыл курдук буолаат Киевтээҕи госуниверситет специализированнай советыгар докторскай диссертациятын көмүскүүр. Диссертациятын аата «Математикаҕа теоретическай билии үөскээһинэ (философскай-гносеологическай анализ)» диэн. Биир сыл иһигэр философскай наука доктора ученай степенигэр Үрдүкү Аттестационнай комиссия (ВАК) бигэргэтэр.

Профессор А.Г.Новиков аспираннарга уонна соискателлэргэ лекция ааҕар уонна семинардары ыытар. Ону тэҥинэн бэйэтэ оҥорбут программатынан уонна учебнигынан (ити учебник 1991 с. СГУ-га конкурс кыайыылааҕынан биллэриллибитэ) лекциялары ааҕар буолбута. 1993 с. бэрт сэргэх уонна дириҥ ис хоһоонноох «Социальнай парадокстар логикалара» диэн кинигэни А.В.Мельничук диэн философскай наука кандидатын кытта кыттыһан суруйбуттара бэчээттэнэн тахсыбыта.

Үлэтин угус өттө аан дойдуну анааран көруүгэ уонна уопсай методологическай боппуруостарга ананан суруллаллар. Туох баар үлэлэрэ — бэйэлээх бэйэтин көрүүлэрэ.

Өссө ону ааһан Саха сирин-философ-сырдатааччыларын тустарынан элбэх ыстатыйалары суруйан бэчээккэ таһаартарда. Ол курдук А.Е.Кулаковскай, П.А.Ойуунускай, Г.И.Эргис,  А.Е.Мординов, А.В.Мельничук, Т.М. Михайлова уонна узбек филособа Б.Р.Каримов, Дальнай Восток ученайа Е.М.Кокорев тустарынан үгүс ыстатыйалары суруйан ааҕааччылар киэҥ араҥаларыгар таһаарда.

А.Г.Новиков «Логос. Культура. Цивилизация» диэн научнай-теоретическай конференциялары хас да сыл утумнаахтык тэрийэн ыытар. Инникитин ити конференция салҕанан бара туруо диэн былаанныыр. Университекка кэлэн атын научнай-чинчийэр тэрилтэлэр конференциялара кехтөөхтук кытталлар. Итини сэргэ А.Г.Новиков «Философияны үөрэтиигэ реформа» диэн куруук тахсар урдүк үөрэх тэрилтэлэрин хомуурунньуктарын таһаарар, кафедра иһинэн тэриллэр хомуурунньуктары бэлэмниир.

Үбүгэр-харчытыгар эмиэ биллэр  бөдөҥ философия доктора «Кэскилгэ хардыы» диэн общественнай академия президенэ В.Д.Михайлов убүлүүр. Икки кыахтаах специалистар кылыһан үлэлииллэрэ диэх курдук — бородууксуйа ис хоһооно киһини «сык» дэтэр уонна сыл аайы  элбээтэр элбээн иһэр. А.Г.Новиков  саха менталитетыгар анаан иккитэ  кинигэ таһаартарда, онтукалара  библиографическай өттүнэн сэдэхтик көстөр кинигэ буола оҕуста.  А.Г.Новиков Саха сиригэр философскай кадрдары бэлэмнээһиҥҥэ өҥөтө-үтүөтэ кээмэйэ суох улахан.  Ол курдук кини сүүрэн-көтөн, кэпсэтиһэн кандидатскай, кэлин кандидатскай уонна докторскай диссертациялары көмүскүүр Диссертационнай сэбиэти тэрийдэ. Сэбиэт улэлиэҕиттэн ыла 8 доктор, 26 кандидат үүнэн таҕыстылар. А.Г.Новиков  5 аспирант, 6 соискатель, 5 докторант научнай салайааччылара. Кэлин сылларга политология кафедратын сэбиэдиссэйинэн утумнаахтык,  урдүк таһаарыылаахтык үлэлии сылдьар. Республика иһигэр политическай кадрдар үүнэллэрин иһин  сыратын харыстаабакка үлэлиир.

Билигин кини — информатизация Аан  дойдутааҕы академиятын  дьиҥнээх чилиэнэ, Холбоһуктаах  Нациялар Тэрилталэрин академига,  Хотугу форум академиятын академига, үрдүк үөрэх Сибиирдээҕи отделениетын чилиэн-корреспондена.  1998 сыллаахха А.Г. Новиковка  «Университет бастыҥ профессора»  диэн диплом бэриллибитэ. Ити барыта сыралаах үлэ түмүгэ. Кини  төһө да 60-нун туолбутун иһин 1 айымньылаах үлэтэ салҕанан бара  турар.

Павел ТОБУКОВ,
философскай наука
кандидата, СГУдоцена