АРКТИКА ИНСТИТУТА АҺЫЛЫННА

Балаҕан ыйын 25 күнүгэр юбилейнай программа чэрчитинэн бүтүн республика олоҕор кэрэ-бэлиэ событие буолла. Бу күн Арктикатааҕы культура, искусство института саҥа дьиэҕэ киирэр үөрүүтүн бэлиэтээтэ.

Институт аһыллыытыгар СР Президенэ В.А. Штыров, вице-президент А. К. Акимов, Федерация Сэбиэтин вице-спикерэ М. Е. Николаев о.д.а. кэлэн преподавателлэри, студеннары кытта үөрүүлэрин үллэһиннилэр.

Онтон Өксөкүлээх Өлөксөй пааматынньыгын таһыгар уматыллыбыт үс чүмэчини поэт тылын күүһүн, энергетикатын символа гынан институкка үйэ-саас тухары умата туруохтара.